歌曲 / 歌词

Мин ырыам

Надина ЭльписListen on Apple Music

歌词

Оо, ырам, эн илпитиҥ,
Дойдубуттан миигин биир сайын
Толору эрэллээх этим
Барыта туолуоҕа диэн.
Курус да ардахтаах күҥҥэ
Туох эрэ табыллыбат кэмҥэ
Эрэлбин сүтэрбэт этим
Чаҕылхай да ырабын.
Хантан? Абыйтан.
Хотугу халлаан аннытыттан.
Туохтан? Тапталтан.
Толору иэйиилэнэн.
Сырдык санаа күүһэ
Тэҥнэспэт бу сиргэ туохха да.
Эн да ыраҥ туолуо
Туолбута буолуон оннук
Оо суох, суох
Чэпчэки диэн суох
Олус уустук бу дьикти олох
Сол суолтан иҥнимэ эрэ
Суолтата суохтан эн ииримэ
Сырдыкка талаһа эн тур
Туох да буоллун
Хомолто лямур
Сүрэхпэр миэхэ өрүүтүн
Күн тыган турар онтон...
Хантан? Абыйтан.
Хотугу халлаан аныттыттан
Туохтан? Тапталтан
Толору иэйиилэнэн
Сырдык санаа күүһэ
Тэҥнэспэт бу сиргэ туохха
Эн да ыраҥ туолуо
Туолбута буолуон оннук
Хантан? Абыйтан.
Хотугу халлаан аныттыттан
Туохтан? Тапталтан
Толору иэйиилэнэн
Сырдык санаа күүһэ
Тэҥнэспэт бу сиргэ туохха
Эн да ыраҥ туолуо
Туолбута буолуон оннук

更多歌手作品

专辑信息

Абылан →
  1. Мин ырыам